Алтынньы ый 21-24 күннэригэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар народнай поэт, оҕо суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап 108 сылын бэлиэтээн “Бүөтүр Тобуруокап оҕо сааһа” диэн библиоуруоктар, “Күнү көрсөр чыычаахтар” хоһоон түһүлгэтэ буолан аастылар. Библиоуруоктарга икки сүүстэн тахса үөрэнээччи сылдьан, суруйааччы оҕо сааһын туһунан элбэҕи билэн-көрөн бардылар.
Алтынньы ый 24 күнүгэр уһуйаан иитээччилэригэр уонна алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Күнү көрсөр чыычаахтар” диэн хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Кырачаан кыттааччылар хоп курдук оҥостон, сип курдук симэнэн бэлэмнэнэн аҕай кэлбиттэр. Төрөппүттэр оҕолорун истэ, ыалдьа, өйүү кэлэн түһүлгэни сэргэхситтилэр.
Түһүлгэбит күрэҕэ икки түһүмэҕинэн буолан ааста: бастакы түһүмэххэ уһуйаан иитиллээччилэрэ , иккискэ алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар бары олус үчүгэйдик ааҕан, дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарарыгар уустук буолла. Ол түмүгэр уһуйааннарга бастакы миэстэни Тимофеев Ваня, иккис миэстэни Прокопьев Айтал Үөһээ Бүлүүтээҕи “Ыллыкчаан” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ ыллылар(сал. Павлова М.В.). Үһүс миэстэҕэ эмиэ ити киин иитиллээччитэ Кобякова Милена (сал. Харитонова Г.С. ) тигистэ. Онтон алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр бастакы миэстэни Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын 4 кыл.үөрэнээччитэ Санникова Амелия (сал.Андреева С.Г.), иккис миэстэни эмиэ ити оскуола үөрэнээччилэрэ Абрахов Артем (1 кыл.,сал.Муксунова О.И.), Петрова Тася (4 кыл.сал.Андреева С.Г.) уонна Алексеева Алгыстаана (4 кыл.сал., Андреева С.Г.) , үһүс миэстэни Бочетова Диана (4 кыл.,сал.Андреева С.Г.) уонна “Ытанньах герой буолбат”хоһоонунан 1 кылаас үөрэнээччилэрэ Яковлева Ванесса, Гаврильева Лилиана, Бочетова Маша ыллылар (сал.Муксунова О.И.) Дьэ, бу курдук бүттүүн норуот билиниитин уонна тапталын ылбыт суруйааччыбыт Бүөтүр Тобуруокапка аналлаах нэдиэлэ бэрт туһалаахтык, сэргэхтик буолан ааста.






















