Бүттүүн норуот билиниитин, тапталын ылбыт народнай поэт Бүөтүр Тобуруокап 108 сылыгар.
Алтынньы ый 24 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката народнай поэт, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап 108 сылын бэлиэтээн улуус уһуйааннарыниитиллээччилэригэр уонна төрөппүттэргэ “Күнү көрсөр чыычаахтар” диэн хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Төрөппүттэр оҕолорун эрдэттэн хоһоон ааҕарга бэлэмнээн, симээн-таҥыннаран аҕалбыттара көстөр. Кырачааннар биир биир тахсан хоһооннорун ааҕан, төрөппүттэр сүрэхтэрин долгутта. Төрөппүттэр оҕолорун истэ, ыалдьа, өйүү кэлэн түһүлгэни сэргэхситтилэр. Түһүлгэ түмүгэр уһуйааннарга бастакы миэстэни Тимофеев Ваня, иккис миэстэни Прокопьев Айтал Үөһээ Бүлүүтээҕи “Ыллыкчаан” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ ыллылар(сал. Павлова М.В.). Үһүс миэстэҕэ эмиэ ити киин иитиллээччитэ Кобякова Милена (сал. Харитонова Г.С. ) тигистэ. Дьэ, бу курдук бүттүүн норуот билиниитин уонна тапталын ылбыт суруйааччыбыт Бүөтүр Тобуруокапка аналлаах хоһоон түһүлгэтэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.



