МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүү улууһа  олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ. Улуус сирин иэнэ 42 тыһ. кв.км, нэһилиэнньэтин ахсаана 21 тыһ. тахса. Улуус соҕуруу өттүгэр Өлүөхүмэ, арҕаа – Ньурба уонна Сунтаар, илин – Бүлүү уонна Горнай, хоту – Өлөөн улуустарын кытта кыраныыссалаһар.

Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр баар. Дьокуускай куораттан Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр диэри сиринэн – 677 км, салгынынан – 610 км, уунан – 847 км тэйиччи сытар.

Билиҥҥитэ 21 муниципальнай тэриллии баар: Балаҕаннаах, Боотулуу, Кырыкый, Быракаан, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, Далыр, Үөдүгэй, Кэнтик, Маҥаас, Мэйик, Нам, Оҥхой, Өргүөт, Ороһу, Сургуулук, Тамалакаан, Туобуйа, Харбалаах, Хомустаах уонна Хоро нэһилиэктэрэ.

1917 с. диэри Үөһээ Бүлүү улууһа Бүлүү уокуругар киирэрэ, 24 нэһилиэктээх этэ: 1-кы Чочу, 2-с Чочу, Харбалаах, Кэнтик, Халбаакы, Дүллүкү, Ороһу, Туобуйа, Мэйик, Үөдүгэй, 2-с Үөдүгэй, 3-с Үөдүгэй, Нам, Ороһу, 1-кы Хоро, 2-с Хоро, 1-кы Күүлэт, 2-с Күүлэт, 1-кы Боотулуу, 2-с Боотулуу, Оноҕоччут, Чуукаар, Сургулуук.

Ол кэннэ Үөһээ Бүлүү 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Бүлүүттэн арахсан, туспа улуус буолбута. Онон олунньу 10 күнэ Үөһээ Бүлүү улууһун төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар. Быйыл улуус 90 сылын экэнэмиичэскэй бигэ туруктаах, олохтоох-дьаһахтаах, үгэстэргэ олохсуйбут баай култууратын өрө тутан көрсөр.

Тургутук “Төрөөбүт улуускун төһө билэҕин?”