МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Быйыл  оҕо библиотеката уонна улуус оскуолаларын библиотекардара түмсэн, сүбэлэһэн Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, өр сылларга улуустааҕы үөрэх салалтатыгар библиотекарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Лазарева Мария Ильинична сырдык аатыгар уонна ааҕыыны көҕүлүүр сыалтан “Читающая семья. Читающие дети”  саҥа бырайыагы үлэҕэ киллэрдилэр. Ол бырайыак  чэрчитинэн сэтинньи 21 күнүгэр “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн”диэн улууска аан маҥнайгынан күрэх ыытылынна. Улуустан барыта аҕыс  дьиэ кэргэн кыттыыны ылла:

  • Николаевтар, Г.Н.Чиряев аат. Хоро орто оскуолата
  • Михайловтар, М.А.Андреев аат. Лицей-интернат
  • Николаевтар, И.Н.Барахов аат. 1№ орто оскуолата
  • Федотовтар, Дь.Ааныстыырап аат.Кэнтик орто оскуолата
  • Федоровтар, Тамалакан орто оскуолата
  • Чаҕылысовтар, Д.С.Спиридонов аат. улуустааҕы гимназия
  • Тойтоновтар, П.Н.Тобуруокап аат.Нам орто оскуолата
  • Васильевтар, Дүллүкү орто оскуолата

Хамаандалар бары күүстээх тургутууну аастылар, ол курдук:

  1. Бэйэни билиһиннэрии
  2. Бэйэ оонньуу (нуучча, омук, саха литературатыттан ыйытыктар)
  3. Анаграмма таайыы
  4. Хоһоон тылбааһа
  5. Өс хоһооннору таайыы
  6. Сөбүлүүр айымньыга буктрейлер оҥоруута (дьиэтээҕи сорудах)

Күрэх түмүгүнэн кыттыыны ылбыт хамаандалар бары анал ааттаах, илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар:

  • “Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн” – Тойтоновтар, Нам
  • “Сахалыы куттаах дьиэ кэргэн” – Федоровтар, Тамалакан
  • “Көлүөнэнэн ааҕар дьиэ кэргэн” – Федотовтар, Кэнтик
  • “Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” – Николаевтар, Хоро
  • “Ааҕыы аргыстаах дьиэ кэргэн” – Чагылысовтар, Үөһээ Бүлүү, улуустааҕы гимназия

Үһүс миэстэҕэ Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан республиканскай лицей-интернат аатыттан Михайловтар дьиэ кэргэттэрэ ылан 3 000  солк.

Иккис бириистээх миэстэҕэ Үөһээ Бүлүүттэн Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ тиксэн 5 000 солк. ,

Кыайыылаах аатын Дүллүкүттэн Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар уонна Лазаревтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут 10 000  солк. уу харчынан ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Бу күрэх хас сыл аайы ыытыллан, элбэх дьиэ кэргэни ааҕыыга көҕүлүө  диэн эрэнэбит.