МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар, Сэтинньи – Байанай ыйыгар аналлаах тэрээһиннэр сылын аайы ыытыллаллар. Быйыл, Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан, алын кылаас оҕолоругар “Мэхээлэчээн булчут мүччүргэннээх сырыылара” диэн ый устата библиотечнай уроктарга И.Н.Барахов аат. орто оскуола 2 кыл. (кыл.сал.Евсеева А.В.), Ю.Н.Прокопьев аат. спортивнай оскуола 1 кыл. (Кривошапкина М.Я.), 2 а кыл. (кыл.сал. Каратаева Э.Н.), 3 б кыл. (Андреева С.Г.), 3 а кыл. (Еттянова М.В.), 4 б кыл. (Муксунова О.И.), Д.С.Спиридонов аат. улуустааҕы гимназия .2 б кыл. (Слюгрова С.Т.), 2 в кыл. (Петрова А.П.), 5 б кыл. (Акимова Р.Н.) сырыттылар.

Тимофей Егорович Сметанин – оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта олус кылгас олоҕор элбэх хоһоону, сэһэни, остуоруйаны, драманы суруйан хаалларбыта. Кини айымньыларын кыра да, улахан да дьон олус сөбүлээн ааҕар уонна Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйын туһунан уопсай иһитиннэриини библиотекарь Екатерина Револьевна Семенова кэпсээтэ.

Салҕыы оҕолор араас тургутууну аастылар:

  • “Тииҥи харахха табар” кыраҕы харахтаах, кытаанах тарбахтаах булчуттар буоллулар;
  • «Күөх Боллох бэлэҕэ» балыксыттар күрэхтэрин аастылар;
  • Өс хоһоону таайыы күрэҕэр билиилэрин холоннулар. Булчут мындыр өйдөөх, булугас-талыгас: