“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” Сэтинньи ыйынааҕы сорудаҕынан Саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх прозаик, педагогическай наука кандидата Василий Семенович Яковлев — Далан “Байанай туһунан остуоруйа” буолла.
Хоруйдары Сэтинньи ыйын 30 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Ахсынньы 3 күнүгэр, онтон түмүктүүр уон иккис тургутук Ахсынньы ыйын 6 күнүгэр тахсыахтара.
11 тургутук: В.С.Яковлев — Далан “Байанай туһунан остуоруйа”
Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)
Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***
Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ, ахсынньыга буолар, 12 тургутук түмүгүнэн.
Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!
Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!