Алтынньы 29 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум студеннарыгар, Саха народнай поэта Леонид Андреевич Попов төрөөбүтэ 105 сылыгар, кини олоҕор, айар үлэтигэр, ырыа буолбут айымньыларыгар “Ийэ сир уонна иэйиилээх таптал ырыаһыта” ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста.
Леонид Попов 1919-1990 (71 сыл) олорон ааспыт. Сунтаар Арыылааҕыттан төрүттээх. Леонид Попов 1919 сыллаахха атырдьах ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы пединституту уонна Максим Горькай аатынан Литературнай институт иһинэн Үрдүкү литературнай курстары үөрэнэн бүтэрбитэ.
Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын старшай редакторынан, “Хотугу сулус” сурунаал салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Айар үлэтэ 1937с. саҕаламмыта. 1943 сыллаахха “Күүтэбин көрсүһэр күннэри” диэн бастакы хоһооннорун уонна поэмаларын кинигэтэ тахсыбыта. Леонид Попов сахалыы уонна нууччалыы 42 кинигэни бэчээттэппит. Кинини саха литературатын сырдык халлааныгар бэйэтэ ураты өҥүнэн суһумнуур биир бэлиэ сулус диэн ураты тылынан этэбит.
Леонид Попов лирик поэт быһыытынан киһи киһиэхэ сыһыанын, дьол, таптал, ыал буолуу долгутуулаах түгэнин, оҕо төрөтүү омуннаах үөрүүтүн туһунан 40 сыл устата ыллаан-туойан кэллэ. Сорох хоһоонноругар хомолто, кутурҕан көстөн ааһар. Кини тапталтан хомойуута, хоргутуута, сороҕор оҕолуу үөрүүтэ барыта кини хоһоонноругар арылыччы көстөллөр. Сороҕор Маяковскайдыы “хабарҕа хайдарынан”, сүгэ-балта тылларынан суруйар. Быһата, музыкальнай инструмент курдук намыһах да, үрдүк да тональнаһы ылар саха поэттарыттан биирдэстэрэ буолар. Поэт төрөөбүт дойдутун, Сахатын сирин таптыыра, кини айылҕатын туойара эрдэтээҥи айымньыларыгар бэрт элбэхтэ этиллэр. Төрөөбүт, оҕо сааһа ааспыт, киһи буолбут дойдутун, Сунтаарын, сөтүөлээн ааспыт көлүйэтин туһунан ахтылҕанын “Саныыбын төрөөбүт алааспын” диэн 1946 сыллаахха суруллубут хоһооно:

“Саныыбын төрөөбүт алааспын”
Саныыбын төрөөбүт алааспын,
Онно саас сандааран эрдэҕэ,
Күн көмүс толбоно сылаастык
Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.
Тиэргэҥҥэ, хара түү мээчиктээх,
Онно мин сааскыны көрсөрүм.
Киэһээҥҥи чуумпуга кэрэхсээн,
Үрүйэ ырыатын истэрим.
Аҕынным даҕаны тыа сытын,
Айылҕа уһуктар силигин.
Ырааҕыан төрөөбүт алааһым,
Онно тиийдэрбиэн билигин.
Биһигим ыйаммыт сиригэр
Баҕардым бурдугу ыһыахпын,-
Трактор көлөнөн билигин
Өҥ буору тэллэрэн барыахпын.
Поэт үгүс хоһоонноро дьон-сэргэ сөбүлээн ыллыыр ырыалара буоллулар. Кини хоһоонноругар композитордар Грант Григорян, Захар Винокуров уонна мелодистар Христофор Максимов, Аркадий Алексеев музыка айбыттара. 1948 сыллаахха Ялтаҕа улаханнык ыалдьан сыппыт. Төрөөбүт Сахатын сириттэн арахсыбыта 8 ыйыгар чугаһаабыт эбит. Онно муора кытылыгар олорон хоһоон суруйар идэлээх эбит. Долгун үрдүнэн хоптолор кылбаҥнаһа дайбыттарын көрөн, Сахатын сирин санаан олус долгуйбут, курутуйбут. Алтынньы ыйга хаар кыыдамныырын санаан кэлбит. “Хоптолор хаар буолан туртаҥнааҥ!”- диэн саҥа аллайбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Ити “Хоптолор” диэн ырыатын тиһэх тыллара аан маҥнай поэт уоһугар киирбит эбит. Бу хоһооҥҥо Захар Винокуров мелодия айан ырыа буолан ыллана сылдьар.
Поэт оҕолорго анаан эмиэ суруйар. “Бу туохтарый?”, “Ыраах тыаҕа”, “Куобахчаан” диэн кинигэлэрдээх. 1947 сыллаахха Леонид Попов аан дойдутааҕы суруйааччылар мунньахтарыгар делегат быһыытынан бара сылдьыбыт. Самуил Маршак (оҕо суруйааччыта ) поэт Леонид Попов хоһооннорун сөбүлээбит уонна дьиэтигэр ыалдьыттата сылдьыбыт. Бу көрсүһүүнү Леонид Попов олоҕун саамай дьоллоох түгэнинэн ааҕара.
Леонид Попов элбэх доҕордоох, атастаах. Киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин уһаты туора айаннаан, поэт буоларын быһыытынан тугу көрбүтүн- истибитин хоһоонугар хоһуйара. Ол курдук Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ, Булгунньахтаахха, Өлөөҥҥө сылдьан элбэх хоһооннору суруйталаабыта. “Өлөөн үрэҕин урдүгэр ”, “Өлөөн дьонугар”, “Дьүкээбил” диэн хоһооннору 1959 сыллаахха хоту бара сылдьан суруйталаабыт буолуохтаах. “Өлөөн үрэҕин үрдүгэр” уонна “Дьукээбил ”хоһоонноро уостан түспэт ырыа буолан көппүттэрэ.
“Өлөөн үрэҕин үрдүгэр” Леонид Попов тыл., Николай Прокопьев матыыба.
Киһи санаатын ырыа тыллара кынаттыыр. Ханна баҕарар бары улуу поэттар ырыа буолбут хоһооннорунан киэн тутталлар. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо: өскө хоһоон тыла үрүҥ көмүс буоллаҕына, ырыа тыла – кыһыл көмүс. Чэйиҥ эрэ, истиэххэйиҥ, Леонид Попов “Дьүкээбил” диэн хоһоонун самодеятельнай мелодист Исай Брызгалов көмүс дуйдаан ырыа гынан көтүппүтүн!
“Дьүкээбил” Леонид Попов тыл., Исай Брызгалов матыыба.
Таптал лириката – поэзия чыпчаала. Араас омук төһөлөөх поэта тапталлаахтарын туһунан өлбөт үйэлээх хоһооннору айбыттара буолуой? Л.А.Попов поэзиятыгар биир саамай дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ иэйиилээх уобараһынан нары-намчы, симик саха кыыһын, холку номоҕон саха дьахтарын хоһуйуу буолар.
“Дьахтар туһунан хоһоон”
Тирэх маска тэҥнииллэр эйигин,
Хопто көтөргө холууллар эйигин,
Сарсыардааҥҥы сардаҥабыт дэһэллэр-
Саҥа да, эргэ да бэйиэттэр.
О, дьахтар барахсан, эн
Олороҕун, сылдьаҕын бэйэҥ бэйэҕинэн,
Ылламматах ырыа курдук,
Хоһуллубатах хоһоон курдук!
Ким эн сүрэххин өҥөйөн көрбөтөх,
Ким эн дууһаҥ түгэҕин билбэтэх-
Холоотун эйигин туохха барытыгар
Кутан-симэн хоһуйар хоһоонугар.
Ол хоһоон тылларын быыһыгар
Күлүгүҥ эрэ омооно көстөн ааһар.
Суос-соҕотох эйигиттэн
Сору да, дьолу да амсайдым.
Ол иһин күн бүгүн
Эн миигин соһуйа көрөҕүн:
Бүгүн мин дьахтарга
Анаабаппын хоһооммун.
Бүгүн мин дьахтарга
Бэлэхтиибин олохпун!

Таптал былааһа ардаҕы, тымныыны билиммэт күүстээх. Ол туһунан “Ардах” диэн хоһоону Аркадий Алексеев өссө модун күүстээн ырыа гынан ыллаппыта.
“Ардах” Леонид Попов Тыл., Аркадий Алексеев матыыба, Раиса Захарова толоруутугар
Леонид Попов поэзиятыгар атын суруйааччыга суох уобарас баар. Ол илии уобараһа. Киниэхэ тапталын бэлиэтэ – Илии. Олоҕун аргыһыгар, кэргэнигэр Анфиса Ивановна Томскаяҕа анаан суруйааччы 25 сааһыгар “Илиибэр эн илииҥ баар курдук” диэн айбыт хоһооно уостан түспэт ырыа буолбута.
“Илиибэр эн илииҥ баар курдук” Леонид Попов тыл., Грант Григорян музыката
20 сыл кэннэ арахсан баран, “Илиибэр эн илииҥ суох буолла ” диэн санаа түһүүлээх хоһоон айбыта. Суруйааччы Семен Руфов ахтыытыгар этэр: “Ити икки кылгас хоһоону аахтахпына – мин икки томнаах бөдөҥ драматическай, ону ааһан трагическай айымньыны аахпыт тэҥэ буолабын”

“Илиибэр эн илииҥ суох буолла”
Илиибэр эн илииҥ суох буолла
Бырастыы, бүтэһик бырастыы,
Быданнаах арахсыы туһаайда.
Арахсыах баар этэ атастыы-
Дьылҕабыт икки аҥы суол ыйда.
Дьоло суох дьон сылдьар суолунан
Айанныыр буоллубут, бадаҕа,
Тарҕаһыах тыаһа суох хомунан-
Көрбөтүн туора дьон хараҕа.
Ыраатан бэйэни сайыһан
Ытаспат ыар күммүт үүннэҕэ:
Хахсаат хаар түһэн, сай ааһан,
Долгуннаах күөхпүтүн көмнөҕө.
Илиибэр эн илииҥ суох буолла,
Сүрэхпэр- сүрэҕин сылааһа.
Бу курдук оргууйдук умуллар
Үйэлээх да таптал былааһа.
Санаабар, эйигин кууһабын,
Тиһэхпин кууһабын, уоскуйууй.
Уонна дьэ мин тахсан барабын...
Билигин мин хоспун хомуй, сууй!
Кырдьык даҕаны, поэт санаата биир сиргэ тэпсэҥнээбэт, мэлдьи иннин диэки кимиилээхтик сүүрүгүрэн иһэр. Ол иһин сонун, ыраас, дьэҥкэ! Үөрүү-көтүү буоллаҕына – өрөгөйдөөх, күүстээх-күүрээннээх, ыар, мунчаарыы буоллаҕына – нүһэр, санньылҕаннаах, киһини харааһыннарар хоһооннордоох.
Леонид Попов олоххо тардыһыылаах буолан, иккиһин кэргэннэнэр. “Илиибин уунабын эйиэхэ” диэн хоһоон күн сирин көрөр. Мелодист Аркадий Алексеев музыка айан ырыа буолан ылланар.
“Илиибин уунабын эйиэхэ” Леонид Попов тыл., Аркадий Алексеев матыыба
“Илиибин уунабын эйиэхэ”
Илиибин уунабын Эйиэхэ,
Ыраах да ыраах баар киһиэхэ.
Илиибин салгыҥҥа уунабын,-
Эйигин абылыа мин абым.
Үрүҥ түү былааккын бүрүнэн,
Эн киириэҥ билигин Бүлүүгэр...
Бэл тыалы, тымныыны билбэккэ,
Эн туруоҥ ол хаардаах биэрэккэ.
Одуулуоҥ уҥуоргу кытылы-
Тумаҥҥа сууламмыт кытылы!..
Бу ууммут мин илиим Эйиэхэ
Тумарык үөһүттэн көстүөҕэ...
Хардары илиигин Эн уунуоҥ,-
Ол курдук уунаҥҥын, өр туруоҥ...
Итинник абылыа мин абым-
Мин тиһэх, мин муҥур тапталым!
Ити курдук, Илии уобараһа киниэхэ таптал, олох бэлиэтин көрдөрөр эбит. Суруйааччы саха дьонун санаатын сайа этэн, ырыатын ырыа гынан көтүтэн бэйэтин норуотугар таптатыан таптаттаҕа, сөбүлэтиэн сөбүлэттэҕэ. Үгүс урукку көлүөнэ ыччат, эһиги ийэлэргит- аҕаларгыт, кини ырыаларын ыллаан, хомоҕой хоһооннорун ааҕан улааттахтара.

Улахан прозаҕа ылсыан иннинэ нууччалыыттан Гоголь “Тарас Бульба”, А.Фадеев “Эдэр гвардия”, Борис Полевой “Дьиҥнээх киһи туһанан сэһэн” диэн боччумнаах айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Онон кинини биһиги талааннаах тылбаасчыт быһыытынан эмиэ билэбит.
Леонид Попов тылбаасчыт эрэ буолбатах. Кини литература бары жанрдарыгар дэгиттэр талааннааҕа. Драматург быһыытынан тахсыылаахтык үлэлиир чинчилээҕэ. Ол курдук “148 үрдэл”, “Түбүктээх сынньалаҥ” диэн драмалара театр сыаналарыгар туруоруллубуттара. 70-с сыллартан прозаҕа ылсан үлэлиир. Ол курдук историческай фактарга олоҕуран “Тоҕой сэлэ” романын бастакы кинигэтин (1976 с.), “Мэйи сирэ” диэн иккис кинигэтин (1978 с.) бэчээттэппитэ. Улаханнык критикаламмыт кылаассабай охсуһууну көрдөрөр роман буолар. Роман үһүс чааһа суруллуохтааҕын ситэ суруллубатах.
Леонид Попов булгуруйбат кытаанах санаалаах киһи этэ. Кини сэллигинэн ыалдьан баран, хас да ойоҕоһун тоһуттаран, тыҥатыгар уустук операцияны оҥотторон үтүөрбүтэ. Хас сарсыарда аайы гимнастика оҥороро, тымныы уунан суунара, спордунан дьарыгырара. 70 сааһын туолуор диэри эрчимин, айылҕаҕа дириҥ тапталын сүтэрбэтэҕэ, эдэр ыччакка үтүө холобур буолуон сөп.
1957 сыллаахха “Поэт сүрэҕэ”диэн сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох хоһоону суруйбута.
“Поэт сүрэҕэ”
Киһи буолан төрүөхтэн
Сүрэх буолбут сүрэҕим,
Тулуйбакка, арыт кэхтэн,
Тохтуох курдук тэбэҕин...
Хоодуот сүрэх буоллаххына,
Дьиҥнээх миэнэ буоллаххына-
Тулуй бары буурҕаны,
Тулуй бары долгуну!
Дьиҥнээх поэт сүрэҕэ
Айар, ыллыыр күрэҕэр
Албан аакка баҕарбат,
Албын дьолго тардыспат!
Тыыннаах сылдьан үөҕүллэр-
Поэт быстах дьылҕата,
Өллөҕүнэ бэл тиллэр-
Кини дьиҥнээх дьылҕата!
Сүрэх эрэ буолларгын,
Тулуй оннук дьылҕаны,
Тулуй бары буурҕаны,
Тулуй бары долгуну!

Ол эрээри поэт сүрэҕэ ыарахан ыарыыны тулуйбакка 1990 с. муус устар 1 күнүгэр тэппэт буолбута…
Саха литературатын биир бөдөҥ, чаҕылхай талааннаах, этигэн илбистээх суруйааччыта Леонид Попов “Үтүө киһи олорон бүттэҕинэ аата дьоҥҥо хаалар…” диэн эппит тыла бэйэтигэр сыһыаннаах курдук…
Ол курдук поэт таптал, дьол, дьон, айылҕа туһунан туойбут тойуга үйэлэри уҥуордуо, өлбөт- сүппэт үйэлэниэ, аата ааттана туруо!!! Дэлэҕэ да Леонид Попову “Ийэ сир уонна иэйиилээх таптал ырыаһыта ”диэн ааттыахтара дуо? Ийэ сир, таптал, ахтылҕан, айылҕаны туойуу, эйэлээх буолуу бу поэт ыллыыр ырыата, туойар тойуга!
Литературнай түһүлгэ Леонид Попов тылларыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар “Эйэ ырыата ” диэн ырыанан түмүктүүбүт
“Эйэ ырыата”
Мин Сахам сиригэр,
Киэҥ Лена биэрэгэр
Ымыылар ыллыыллар,
Хатыҥнар хамсыыллар
Мин Сахам сиригэр,
Күөх хочо күөнүгэр
Саһархай бурдуктар
Саһарҕа курдуктар.
Хотугу кыраайбыт-
Хорсун дьон дойдута,
Үөрүүнэн барҕарбыт
Дьол, эйэ дойдута.
Сахалар, нууччалар,
Эбээннэр, чукчалар
Эйэни айабыт ,
Дьолбутун тутабыт.
Эйэни көмүскээн,
Балыктыы барабыт,
Булт бултаан, көмүстээн,
Тайҕаҕа хаамабыт.
Ийэ сир этиэҕэ -
Ыстыыгы ылыахпыт.
Ханнык да өстөөҕү
Хайаан да кыайыахпыт!
