МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” От ыйынааҕы сорудаҕынан Афанасий Игнатьевич Федоров “Булт” кэпсээнэ буолла.

Хоруйдары От ыйын 31 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Атырдьах ыйын 6 күнүгэр, ахсыс тургутук Атырдьах ыйын 9 күнүгэр тахсыахтара.

7 тургутук Афанасий Федоров “Булт”

Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***

Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ, ахсынньыга буолар, 12 тургутук түмүгүнэн.

Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!

Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!