МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Аҕыйах кэминэн Улуу Кыайыы олохтоммута 80 сылын көрсөбүт. Аҕа дойдуну көмүскээн кыайыыны ситиһэргэ Саха сирин буойуттара, саллааттара, тыылга хаалбыт дьоннор күүстэрин-уохтарын, олохторун биэрбиттэрэ. Бу Улуу Кыайыы – саллааттар, офицердар историяҕа холооно суох хорсун быһыыларын, бу – тыылга дьон эдэрдиин-кырдьаҕастыын, оҕолуун-дьахтардыын күүрээннээх үлэлэрин, бу – Аҕа дойдуларын көмүскэлигэр туруммут норуоттар бигэ доҕордоһууларын түмүгэ.

Оҕо библиотеката Кыайыы күнүгэр анаммыт оҥоһуктарга күрэх биллэрэр.

Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах “Улуу Кыайыы 80 сыла!” диэн оҥоһук күрэҕин БАЛАҺЫАННЬАТА:

Тэрийээччилэр: Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката
Сыала-соруга:
• Аҕа дойдуну өстөөхтөн көмүскээбит хос эһэлэрбит, хос эбэлэрбит, эһэлэрбит, эбэлэрбит эйэни аҕалбыт, көҥүлү түстээбит дьыалаларын эдэр уонна орто саастаах көлүөнэ ыччат өйүгэр-санаатыгар сөҥөрдүү;
• Ийэ дойдуну таптыырга, киниэхэ бэриниилээх буоларга кэлэр көлүөнэни иитии;
• Дьиэ кэргэни сомоҕолооһун, бэйэ бэйэҕэ истиҥ сыһыаны иитии.
Ыытыллар күнэ-дьыла: муус устар 15 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр диэри
Кыттааччылар: Үөһээ Бүлүү улууһун оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, дьиэ кэргэн, биирдиилээн киһи
Ирдэбил: оҥоһук кээмэйэ, тутула, оҥоһуллар матырыйаала хааччаҕа суох. Оҥоһукка олорор нэһилиэккит, кыттааччы аата-суола толору ыйыллар.
Наҕараадалааһын: бары кыттыбыттарга туоһу сурук, 1,2,3 миэстэлэргэ Добун сурук уонна бириис туттарыллар.
Билсэр нүөмэргит: 84113341556 (оҕо библиотеката, үлэ кэмигэр)
Оҥоһуктары Үөһээ Бүлүү нэһ. Исидор Бараахап аатынан уулусса 18 нүөмэрдээх дьиэтигэр Оҕо библиотекатыгар, аҕалаҕыт.