“Уол оҕо – норуот кэскилэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ханнык баҕарар омук сайдарыгар уол оҕо норуоту хамсатар, сайыннарар, норуоту түмэр, биир сомоҕо оҥорор айдарыылаах. Уол оҕо атын омугу кытта биир таһымҥа турарыгар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, дойдутун баай историятын билэр, өбүгэбит уйэлэргэ илдьэ кэлбит сиэрин-туомун, үтүө үгэстэрин тутуһар, эргиччи сайдыылаах буолара саарбаҕа суох.
Справка: “Басхан” дьыалабыай оонньуу (куонкурус) ааптардара Харбалаах Исидор Барахов аатынан түмэл салайааччыта Евдокия Павловна Семенова уонна “Тускул” оҕо айымньытын киинин методиһа Саргылана Лукична Ильина

Уол оҕону тургутан көрөр, ис кыаҕын арыйар уонна ыччат өйүүн-санаатын уһугуннарар аналлаах IV-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бахсан» дьыалабыай оонньуу (куонкурус) быйылгы тэрээһин II-c С.Н. Донской аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институт өйөбүлүнэн киэҥ далааһыннаахтык биэс түһүмэҕинэн ытыылынна.
- «Удьуор утума»
- «Дойду салайааччылара мин тус бэйэм көрүүбүнэн»,
- «Өркөн өй» – ыйытыктарга хоруй,
- «Мөккүөр» (Дебат) уонна
- «Айыы умсулҕана» – талан ылбыт хоһоону ситэрии.
Күрэскэ барыта 13 улуустан 15 кыттааччы күөн көрсөн өйдөрүн-санааларын, киэҥ билиилэрин-көрүүлэрин туругутан көрдүлэр. Ол курдук Нам, Сунтаар, Амма, Томпо, Горнай, Кэбээйи, Чурапчы, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Анаабыр улуустарыттан, Дьокуускай куораттан республиканскай лицейтан кыттыыны ыллылар.

“Өркөн өй” түһүмэҕи Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката ыытар. Быйылгы оонньууга хас биирдии кыттааччыга анаан 6 араас ыйытык бэлэмнээтибит:
- Саха Сирин туһунан уопсай ыйытыктар
- Саха автономиятын олохтоспут чулуу дьоммут туһунан.
- Степан Аржаков 125 сылын көрсө ыйытыктар
- Саха киһитэ олоҕор-дьаһаҕар күннэтэ туттар тэрилэ, айылҕа көстүүтэ
- Өс хоһоонун ситэрии
- Саха сиригэр бэлиэтэнэр бэлиэ күн-дьыл.
Түһүмэх ааспытын кэннэ анааран көрдөххө, уолаттар Саха сирин историятын, биллэр-көстөр дьоннорун туһунан бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Өс хоһооннору ситэрии, Саха олоҕор-дьаһаҕар туттар тэрилин, айылҕа көстүүтүн кыратык ыарырҕаттылар.
Бу түһүмэххэ, уолаттарбыт, умнубуттарын санаатылар, билбэттэрин билэн бардылар.
Бары да талыллан кэлбит уолаттар. Тэрээһин кэннэ, сахабыт норуота инникилээх, кэскиллээх диэн санаабыт өссө бөҕөргөөтө, эрэлбит күүһүрдэ!!!


“Басхан-2024” дьыалабыай оонньуу (күрэс) туһунан араас ситимнэргэ тахсыбыт ыстатыйалара, видеорепортажтара:
Үөһээ Бүлүү улууһун “Сомоҕо” оҕо хамсааһына телеграм каналыттан: IV-өрөспүүбүлүкэтээҕи «БАСХАН-2024» дьыалабыай оонньуу (күрэс) ?Кылаан-чыпчаал кыайыылааҕа ааттанна.
Кэскил14 сайтыттан: IV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2024» дьыалабыай оонньуу кыайыылааҕа билиннэ
Чокуур Гаврильев ВК страницатыттан: Бэҕэһээ устар уунуу сомоҕолуур уран тыллаах, кырдьыгы утары уунар уоттаах харахтаах, дириҥ билиилээх саха ыччатын «Басхан» күрэҕин биир түһүмэҕэр дьүүллүүр сүбэҕэ олордум. «Оҥоһуу өй абырыыр дуу, алдьатар дуу” диэн тиэмэҕэ дакылаат, мөккүөр, кэпсэтии буолла.
Саха сирэ сайтан Елена Потоцкая: Удьуорун 13 көлүөнэҕэ тиийэ билэр Алгыс Попов — “Басхан” кыайыылааҕа (видео)
НВК ютуб каналыттан