МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх үһүс  түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай  суруйааччыта  Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Тулаайах хаас уонна оҕо саас” кэпсээнэ үһүс тургутуу буолла.

  1. Александровтар (Үөһ.Б., нэһ.)-16 б.
  2. Кобяковтар (Үөһ.Б. нэһ.)-16 б.
  3. Степановтар (Үөһ.Б. нэһ.)-16 б.
  4. Игнатьевтар (Үөһ.Б. Нам нэһ.)-16 б.
  5. Васильевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-15 б.
  6. Обоевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-13 б.
  7. Лаврентьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-16 б.
  8. Николаевтар (Виолетта, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-16 б.
  9. Николаевтар (Лина, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-15 б.
  10. Петровтар (Үөһ.Б.,Кэнтик нэһ.)- 16 б.
  11. Семеновтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.)-16 б.
  12. Сабаровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
  13. Егоровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
  14. Даниловтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
  15. Ивановтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
  16. Аммосовтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
  17. Яковлевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
  18. Васильевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
  19. Платоновтар (Үөһ.Б.Нам)-16
  20. Пактар (Үөһ.Б., Кэнтик нэһ.)-14 б.  

Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!

Эһигини үһүс тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый ийэ тылбытынан ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн ахсынньы ыйга дылы бииргэ буолуохха!!!