МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Оҕо библиотеката 2016 сылтан уһуйаан иитиллээччилэригэр хоһоон түһүлгэлэрин тэрийэн ыытар. Ол курдук:

  • 2016 с. поэт Петр Одорусов  85 сааһын көрсө “Ырыа –хоһоон биһигэ”,
  • 2017 с. народнай суруйааччы Петр Тобуруокап 100 сааһыгар “Күнү көрсөр чыычаахтар”,
  • 2019 с. оҕо суруйааччыта Иван Мигалкин 65 сааһыгар “Алыптаах дойдуга”,
  • 2020с. Константин Туйаарыскай 105 сылын көрсө “Току-току, ньээм-ньээм”,
  • 2021 с. Петр Одорусов 90 сааһыгар “Оҕо-аймах биһигэ”,
  • 2022с. Семен Данилов 105 сылыгар “Күн күлэр”,
  • 2023 с. Татьяна Винокурова-Сабыйа 75 сааһыгар “Күннээх саас” диэн хоһоон түһүлгэлэрэ буолан ааспыттара.
  • Бу тэрээһиннэргэ барытыгар бөһүөлэк иһинээҕи оҕо уһуйааннара тиһигин быспакка көхтөөхтүк кыттан, үтүө үгэскэ кубулуйда.

Быйыл, 2024 с. хоһоон түһүлгэтэ оҕо суруйааччыта Константин Ильич Сосин үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө, поэт хоһоонноругар ананар.

  • Муус устар 22-25 кк. уһуйааннары кэрийэн оҕолору истиэхпит, устуохпут, талыахпыт.
  • Ыам ыйыгар талыллыбыт кыттааччылары улахан түһүлгэҕэ күүтэбит.

Сиһилии билсиҥ БАЛАҺЫАННЬА “МЭНИК МЭЭЧИК”

К.И.Сосин оҕолорго аналлаах электроннай кинигэлэрин Мэҥэ Хаҥалас электроннай библиотекатыттан көрүөххэ сөп