Саха омук былыр-былыргыттан оҕолоон-биэбэйдээн, чочуйан-тупсаран кэлбит барҕа баайа ийэ тыла буолар. Ол иһин даҕаны саха дьоно кыһыҥҥы уһун түүҥҥэ көмүлүөк аттыгар мустан олорон, алааска-сыһыыга атынан-оҕуһунан айаннаан иһэн, уһун суол устата саныыр санаатын ырыа гынан ыллыыр, дууһатын туругун тойук оҥорон туойар буоллаҕа.Ол барыта саха кулгааҕар минньигэстик иһиллэр, өйүгэр-сүрэҕэр түргэнник тиийэр. Ийэ тылбыт уус-уран кыаҕын-күүһүн ыһыктыбакка, кэрэтин-килбиэнин көрдөрө сырыттын диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Таптыыр айымньыларбытын аахтахха” диэн тургутук бэлэмнээтэ.