“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” Олунньу ыйынааҕы сорудаҕынан поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Муорсалар” кэпсээнэ буолла.
Хоруйдары Олунньу ый 29 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Кулун тутар 5 күнүгэр, үһүс викторина Кулун тутар 11 күнүгэр тахсыахтара.
2 Тургутук: Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Муорсалар”
Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)
Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***
Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ, ахсынньыга буолар, 12 тургутук түмүгүнэн.
Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!
Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!