МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха Республикатын народнай поэта биир дойдулаахпыт П.Н.Тобуруокап “Буукубалар мунньахтара” айымньы бастакы тургутуу буолла.

Ийэ тылбыт этигэн кэрэтин, эгэлгэтин билээри, умсугуйан ааҕаары барыта 25 дьиэ кэргэн сылы быҺа буолар күрэххэ кыттан эрэллэр. Уопсайа күрэх кыттааччыта 118 киҺи, ол иҺигэр 70 оҕо.

  1. Александровтар (Үөһ.Б., нэһ.)-18 б.
  2. Кобяковтар (Үөһ.Б. нэһ.)-18 б.
  3. Степановтар (Үөһ.Б. нэһ.)18 б.
  4. Игнатьевтар (Үөһ.Б. Нам нэһ.)-18 б.
  5. Васильевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-18 б.
  6. Обоевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-18 б.
  7. Лаврентьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-18 б.
  8. Николаевтар (Виолетта, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-18 б.
  9. Николаевтар (Лина, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-18 б.
  10. Петровтар (Үөһ.Б.,Кэнтик нэһ.)- 18 б.
  11. Семеновтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  12. Сабаровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  13. Егоровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  14. Даниловтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  15. Ивановтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  16. Ковалевтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-17,5 б.
  17. Стручковтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  18. Прокопьевтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  19. Михайловтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  20. Николаевтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)- 15 б.
  21. Буртаховтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-18 б.
  22. Шадриннар (Ньурба куорат)-18 б.
  23. Аммосовтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-17,5 б.
  24. Яковлевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-18 б.
  25. Васильевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-18 б.

 Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!

       Эһигини маҥнайгы тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Ылсыбыккытын ыһыктыбакка үтүө түмүктээх бүтэһик түһүмэххэ тиийэргитигэр баҕарабыт.

     Бу сыл бары бииргэ  12 айымньыны ийэ тылбытынан ааҕан,  билиибит лаппа кэҥиэ, өйбүт-санаабыт туругуруо, сайдыа. Төрөөбүт тылбыт барҕа  баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин билиэхпит. 

Ахсынньы ыйга диэри бары бииргэ буолуохха, саҥаны билиэххэ, саҥаны арыйыахха!