Ыам ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката Киин библиотека медиа саалатыгар биир дойдулаахпыт СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Винокурова Татьяна Ефремовна-Сабыйа 75 сааһын көрсө “Күннээх саас” диэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийэн ыытта. Бу тэрээһиҥҥэ суруйааччы бэйэтинэн кэлэн, кырачааннары көрсөн, хоһооннору иһиттэ. Татьяна Ефремовна идэтинэн учуутал, элбэх сиэннэрдээх тапталлаах эбээ, онон оҕо-аймахха чугас киһи, ол да иһин оҕолорго анаан бэртээхэй баһаам хоһооннордоох. Элбэх хоһоонноро ырыа буолан, уостан түспэккэ ыллана сылдьаллар. Бу түһүлгэҕэ кытыннылар “Ньургуһун”, “Теремок”, “Үрүйэчээн”, “Сардаана”, “Кэнчээри”, “Солнышко”, “Сказка” уонна “Аленушка” уһуйаан иитиллээччилэрэ.

Кырачаан хоһоон ааҕааччылар хоп курдук таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ киһини эрэ үөрдэр, долгутар. Саамай кырачаан ааҕааччылар Полятинская Айхаана уонна Кобякова Милена баара суоҕа 3 эрэ саастаахтар. Ол да буоллар, атыттартан хаалсыбакка, элбэх киһи диэн толлубакка, доргуччу ааҕан, көрөөччүлэр хайҕабылларын ыллылар. Түгэнинэн туһанан, улуус уһуйааннарын үлэһиттэригэр оҕо библиотекатын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Иитиллээччилэргитин кыра сааһыттан кэрэҕэ, сырдыкка угуйа, сиэтэ сылдьаргыт хайҕаллаах, махталлаах суол.


Татьяна Ефремовна: “Маннык кырачаан ааҕааччылардаах эбиппин! Бэйэм дойдум оҕолоро, сиэннэрим наһаа үчүгэй бэлэх ууннулар!” диэн олус үөрдэ, астынна уонна махтанна.

Татьяна Ефремовна бу соторутааҕыта тахсыбыт “Оотой-тоотой оҕолорго” диэн кинигэтин билиһиннэрдэ уонна хас уһуйаан аайы бэйэтэ илии баттааһыннаах, алгыс тыллаах саҥа кинигэтин бэлэхтээн үөртэ. Түмүккэ кырачааннар тэрийээччилэртэн минньигэс сюрприз ыланнар үөрдүлэр-көттүлэр. Ол кэннэ Татьяна Ефремовна библиотека үлэһиттэриниин алаадьы амсайан, үүттээх итии чэй иһэн, истиҥник кэпсэтэн, астынан дойдутугар барда.

Татьяна Ефремовнаҕа бу тэрээһиҥҥэ бэйэтинэн кэлэн кыттыыны ылбытыгар, үтүө тылларыгар оҕо библиотекатын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Суруйааччы саҥа кинигэтэ киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин бары оҕолоругар тиийдин диэн алгыспытын тиэрдэбит.