Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан 2023 сыл Россияҕа педагог уонна аҕа сүбэһит сыла биллэриллибитэ. Ону тэҥэ, олунньу 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ 88 сылын бэлиэтиибит. Ол чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката улуус үөрэҕириитин эйгэтин баай историятыгар аналлаах викториналары бэлэмнээтэ.
Викториналарга кыттыы сааһыттан, олорор сириттэн тутулуга суох. Кыттааччы толору аата, олорор нэһилиэгэ, туолбут сааһа булгуччу ыйыллыахтаах.
Викторина “Үөһээ Бүлүүгэ үөрэҕирии сайдыыта”
Викторина “Үөһээ Бүлүү улууһун оҕо саадтара”
Эппиэттэри Олунньу 8 күнүгэр диэри оҕо библиотекатын электроннай почтатыгар күүтэбит vervdblib@mail.ru . эппиэттэри “Викторина Үөһээ Бүлүү-88” диэн бэлиэтиигит. Кыайыылаахтар ааттара оҕо библиотекатын сайтыгар Олунньу 10 күнүгэр тахсар.
Кыайыылахтарга грамота, кыттыбыттарга туоһу сурук электроннай аадырыска, түмүк тахсыбытын кэннэ нэдиэлэ устата, ыытыллар.