Биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, сахалыы тылбыт, литературабыт, саҥабыт сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит үтүөкэн киһи норуодунай суруйааччы Семен Руфов 95 сааһын көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Кэскил” улуустааҕы тылбаас күрэҕин ыытта. Барыта 19 үлэ киирбитэ: Исидор Барахов аатынан ҮөҺээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх, Дмитрий Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх, Михаил Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт, Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам, Степан Дадаскинов аатынан Кырыкый оскуолалар үөрэнээччилэрэ активнай кыттыыны ыллылар.
Күрэх кыттыылаахтара Агния Барто, Самуил Маршак, Федор Тютчев, Юрий Энтин, Корней Чуковскай, Сергей Есенин, Михаил Лермонтов, Александр Пушкин хоһооннорун уонна нуучча норуодунай ырыатын тылбаастаабыттар.
Үлэлэри анал хамыыһыйа дьүүллээтэ:
1. Андреева Матрена Пантелеймоновна, саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
2. Филиппова Валентина Петровна, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат эрэллээх кэриспэндиэнэ, тыл үөрэхтээх
3. Семенова Екатерина Револьевна, Үөһээ Бүлүү оҕо библиотекатын сүрүн библиотекара.
Элбэх мөккүөр кэнниттэн, кыайыылаахтарынан буоллулар:
Алын сүһүөх
1 үрдэл
Семенов Айсен, Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Ким да буолбатах” Б.Заходер
Касьянов Рудольф, Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуола 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Ханна аһаатыҥ, барабыай?” Самуил Маршак
2 үрдэл
Иванов Айтал уонна Егоров Айхал, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ, “Акаарычаан кутуйахчаан туһунан остуоруйа” Самуил Маршак
Федоров Арсений, Степан Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, “Любочка” Агния Барто
3 үрдэл
Котоконова Камила, Дмитрий Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Күөрэгэйдэр, Күөрэгэйчээннэр” нуучча норуодунай ырыата
Егорова Алексия, Степан Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ, “Барабыай ханна эбиэттээбитэй?” Самуил Маршак.
Андреев Егор, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Сибиинньэ оҕото” Корней Чуковскай
Харахов Вова, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуола 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Ийэ слон ааҕар” Корней Чуковскай
Петров Мичил, Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуола 3 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Балыктыыры таптааччы” Агния Барто
Орто сүһүөх
1 үрдэл
Александров Миша, Дмитрий Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с нүөмэрдээх орто оскуола 6 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Эн киһигин” Юрий Энтин
2 үрдэл
Ефремова Виолетта, Михаил Алексеев аатынан лиссиэй-интернат үөрэнээччитэ, 15 саастаах, “Баарыс” Михаил Лермонтов
Кыттыыны ылбыт оҕолорго уонна салайааччыларга барҕа махталбытын тиэрдэбит, өссө да кытта туруҥ диэн ыҥырабыт!
Кыайыылаахтарга добун сурук уонна сэмэй бэлэх, бары кыттааччыларга туоһу сурук бэриллэр. Ахсынньы 22 күнүгэр оҕо библиотекатыттан кэлэн ыларгытын күүтэбит.