МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Биир дойдулаахпыт народнай поэт Петр Тобуруокап 105 сылыгар анаан алтынньы ыйга Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго суруйааччы айымньыларынан инсценировка күрэҕин куйаар ситимин нөҥүө тэрийэн ыытта. Улуус үрдүнэн барыта 60-н тахса кырачаан кыттыыны ылла. Элбэх сэргэх нүөмэрдэри Үөһээ Бүлүүтээҕи 3 №-дээх “Үрүйэчээн”, 6 №-дээх “Солнышко”, 7 №-дээх “Сказка”, Дүллүкү, Мэйик, Хоро, Харбалаах уһуйааннара ыыппыттар.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэни Үөһээ Бүлүүтээҕи 7 №-дээх “Сказка” уҺуйаан иитиллээччитэ 5 саастаах Егоров Эрхан уонна Харбалаах уһуйаан иитиллээччилэрэ Кузьмин Эрэл, Петров Харысхал ыллылар. Егоров Эрхан сааһынан кыра да буоллар, саҥата-иҥэтэ чуолкайа, чобуота, иҥнигэһэ суох туттара- хаптара, бэйэтин саастыылаахтарыттан ордук көһүннэ. Кузьмин Эрэл уонна Петров Харысхал видеосюжеттаах инсценировкалара олус интэриэһинэй, аныгылыы сүүрээннэнэн үрдүктүк сыаналанна.

Иккис миэстэни Үөһээ Бүлүүтээҕи 3 №-дээх “Үрүйэчээн” уһуйаан иитиллээччилэрэ Бабаранова Алеся, Стручкова Мирослава “Танюша туһунан” бэрт сэргэх инсценировкалара уонна Хоро нэһилиэгин уһуйаанын иитээччитэ Машников Кирилл ийэтинээн Ульяна Петровналыын “Тоҕо” диэн хоһоонунан инсценировкалара ылла.

Үөһээ Бүлүүтээҕи 6 №-дээх “Солнышко” уһуйаан 5 саастаах иитиллээччитэ Федорова Күннэй кынатынан сапсынан, чыычаах курдук чуопчааран, “Чычып-чаап” хоһоонунан 3 миэстэни ылла. Маны таһынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 3 №-дээх “Үрүйэчээн” уһуйаан иитиллээччилэрэ Прокопьев Никита, Алексеев Артур, 6 №-дээх “Солнышко” уһуйаан иитиллээччилэрэ Муксунова Күннэй, Николаев Коля, Харбалаах нэһилиэгин уһуйаанын иитиллээччилэрэ Максимова Ангелина, Николаева Сахая үһүс миэстэҕэ тигистилэр.

Тапталлаах суруйааччыбыт саха народнай поэта Петр Тобуруокап оҕолорго суруйбут айымньыларын кэнчээри ыччакка тириэрдэр, үйэтитэр сыаллаах күрэхпит сыалын ситиспитинэн үөрэбит. Күрэххэ кыттыбыт кырачааннарбытыгар, кинилэр иитээччилэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Бары кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылаахтарга грамота уонна приз туттарыллар.

Биһиги аадырыспыт Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэ, Исидор Барахов аатынан уулусса 18 нүөмэрдээх дьиэтэ. Сэтинньи ый 22 күнүттэн сарсыарда 10 чаастан киэһэ 5 чааска диэри күүтэбит (купол диэкки аанынан киирэҕит).