2005 сыл сэтинньи 4-с күнүттэн ыла Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиибит.
Россия хас биирдии олохтооҕор историябыт үйэлээх үгэстэрин, норуоппут биир сомоҕо күүһүн кэрэһилиир бэлиэ күн. Дойдубут туһугар бэриниилээх буолуу, эйэҕэс сыһыан, баай култуура – бу барыта судаарыстыба сайдарыгар сүрүн тирэҕинэн буолаллар.
Быйыл биһиги улахан суолталаах түгэни — Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 390 сылын бэлиэтиибит. Сахабыт сиригэр 130-тан тахса омук дьоно сомоҕолоһоммут, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут бигэ туруктаах буоларын туһугар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабыт, инникибитигэр эрэллээхпит.
Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката 5-7 кылаас үөрэнээччилэригэр өйтөн суруйуу күрэҕин биллэрэр. Күрэх туһунан сиһилии бу сигэни баттаан ааҕыҥ ➡️➡️➡️“Саха сирэ – доҕордоһуу туоната”